Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөйүн ырыата

Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөйүн ырыата
К.Герасимов муз. С. И. Тарасов уонна М. Е. Тимофеев тыллара.

Сахам сирэ дьоллоох тускуга
Саһарҕалыы ыҥыра ыллыыр.
Илинтэн арҕаа ол кустуга
Алмаас таас курдук сандаара сырдыыр.

Хос ырыата
Барҕа быйаҥнаах Сахам дойдута
Модун Россия киэн туттуута,
Өркөн өрөгөй тойугун туойдун,
Үүнэр үйэҕэ үрдүү туруохтун!

Үллэр үөстээх Өлүөнэ Эбэ
Өлбөт мэҥэ угуттуур уулаах.
Элбэх омукка эрчим эбэр,
Или-эйэни олохтуур уохтаах.

Хос ырыата
Барҕа быйаҥнаах Сахам дойдута
Модун Россия киэн туттуута,
Өркөн өрөгөй тойугун туойдун,
Үүнэр үйэҕэ үрдүү туруохтун!

Ааспыт кэммит айхаллаах суола
Арчылыыр аар алгыһын биэрдэ.
Сахабыт сирэ дьоһун, дуолан
Сайдыы аартыгар түөрэҕэ түстэ.

Хос ырыата
Барҕа быйаҥнаах Сахам дойдута
Модун Россия киэн туттуута,
Өркөн өрөгөй тойугун туойдун,
Үүнэр үйэҕэ үрдүү туруохтун!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөйүн ырыата